Балбаах туһунан саҥа сокуон

67

Бу күннэргэ Уус Алдан улууһугар Россельхознадзор инспиэктэрдэрэ үлэ быһыытынан кэлэн бардылар. Кинилэр бу кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирээри турар балбаах туһунан саҥа сокуону олохтоохторго билиһиннэрдилэр, ис хоһоонун быһаардылар. Ол курдук, бу сокуоҥҥа сүрүннээн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар хапсаллар. Араас химияны туттуу, сүөһүгэ сыстыганнаах ыарыыта ноһуому кытта бааһынаҕа тиэрдии тулалыыр эйгэҕэ, дьон доруобуйатыгар охсуулааҕын бэлиэтээтилэр.  Мунньуллубут ноһуом анализ эрэ кэнниттэн уоҕурдуу быһыытынан туттуллуохтааҕын туһунан өйдөтөн эттилэр.

Маныаха сокуону тутуһан дьон анал сиргэ ноһуому мунньан, уоҕурдуу оҥорон хаһаайыстыбалар эбии дохуот оҥостуохтарын сөптөөҕүн ыйдылар. Сүөһүлээх дьон хотоннорун таһыгар чөмөхтөөн оҕуруоттарыгар туһаналлара көҥүллэнэрин эттилэр. Оттон тэриллиилээх хаһаайыстыбалар балбааҕы сыыһа дьаһаналларын түмүгэр ыстырааптар олохтонон, чуолкайданан, сокуон быһыытынан тахсыахтааҕын иһитиннэрдилэр/