Уус Майаҕа уу ситимэ тоҥуутунан, прокуратуура бэрэрбиэркэ ыытар
Үөрэтэн көрүү түмүгүнэн, прокуратура хоруйа тахсыаҕа. Уус Майа улууһун Солечнай бөһүөлэгэр уот ситимигэр саахал тахсар кэмигэр, бөһүөлэк ууланар ситимэ тоҥмута. Миэстэтигэр уһулуччу бэлэм буолуу бэрээдэгэ олохтоммута. Чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаламмыта. 10 олорор дьиэ уонна балыыһа итии уута суох олорор. Быһа холоон, 550 миэтэрэ усталаах уу ситимэ тоҥон турар.