Суолга-иискэ хонтуруол үлэтэ күүһүрэр

36

Олунньу 6-12 уонна олунньу 20-26 күннэригэр, нэһилиэнньэлээх пууннар  киирэр-тахсар суолларыгар, ДПС нэрээтин ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Суоппардары маассабай хонтуруоллааһыҥҥа, сүрүн болҕомтону бырааба суох айаннааччыларга, итирик туруктаахтарга, утары балаһаҕа тахсааччыларга, дьону-оҕону тиэйии ирдэбилин тутуспаттарга ууруохтара. Маны таһынан, харах далыгар сатыы сылдьааччылар эмиэ түбэһиэхтэрэ. Кинилэр суол-иис быраабылатын тутуспаттара эмиэ болҕомтоҕо ылыллыаҕа. Лена, Халыма, Бүлүү федеральнай трассаларга көһө сылдьар постар уонна сүүрэ сылдьан кэтиир ГосАвтоИнспекция массыыналара үлэлиэхтэрэ.