Дьокуускайга икки оскуолаҕа сыһыары тутууну арыйдылар

48

Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка үөрэҕэрии эйгэтигэр икки улахан суолталаах тэрээһин буолла. Ол курдук 5-с №-дээх уонна 12-с №-дээх оскуолаларга эбии тутуу дьиэлэрэ киирэн, оскуолалар биллэ кэҥээн үөрэх миэстэтэ элбээтэ. Үөрэнээччилэр, учууталлар да аны мантан ыла  биир симиэнэҕэ көһөн үөрүүлэрэ муҥура суох. Кылаастар бары туох баар ирдэбилгэ эппиэттиир малынан, көмпүүтэрдэринэн, үөрэххэ туттуллар тээбириннэринэн толору хааччыллыбыттар.

Зоя Чычахова, 12 -дээх оскуола омук тылын учуутала: “Тутааччылар омук тылын уруогар аналлаах кылааһы бэлэхтээтилэр. Бу кыра кылаастан саҕалаан саҥарар, истэн үөрэнэр дьоҕуру сайыннарыыга төһүү буолуо”.

5-с №-дээх оскуола эбии тутуута 2000-тан тахса кв. миэтэрэ иэннээх буолла. Манна үөрэнэр кылаастартан ураты спорт, үҥкүү саалалара уонна остолобуойдар баар буоллулар.

Үөрүүлээх арыллыы чэрчитинэн оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара Ил Дархаҥҥа үлэлэрин хайысхатын, ситиһиилэрин итиэннэ туох былааннаахтарын сырдаттылар. Онтон өрөспүүбүлүкэ баһылыга оҕолор чинчийэр бырайыактарынан  уопут оҥорууларын сэҥээрэн көрдө.

Николай Пахомов, 5-с -дээх оскуола ОБЖ уонна география учуутала:

Бу корпус үлэҕэ киирбититтэн учууталлар, оҕолор да олус үөрэбит. Бастатан туран, үлэ, үөрэх усулуобуйата тубуста. Оҕо инникитэ оскуолаттан быһаччы тутулуктаах, онон маннык сырдык, ыраас кабинеттарга үөрэнии үтүө түмүктээх буолуо дии саныыбын”.

Үөрэххэ аналлаах кылаастар эрэ буолбакка 12-с №-дээх оскуолаҕа 200 тахса кв. миэтэрэлээх эбии саҥа библиотека арылынна. Онтон эбии тутуу уопсай иэнэ 5000-тан тахса кв. миэтэрэ буолар, ол аата оскуолаттан бэйэтиттэн 2,5 төгүл улахан.

Төгүрүччү турар сымнаҕас олбохтоох кинигэ ааҕар, сынньанар сири үөрэнээччилэр уонна библиотека үлэһиттэрэ биһирээтилэр.  Туһалаах сынньалаҥы олохтуур миэстэ интерактивнай доскалаах, уус-уран  лиетратураҕа анаммыт табыгастаахтык турар полкалардаах. Манна быһа холуйан 60-70 батар.

Санатан эттэххэ, быйыл өрөспүүбүлүкэ историятыгар суох элбэх тутуу барыа. Ол курдук 19 оскуола, 6 уһуйаан үлэҕэ киириэ. Маны таһынан Дьокуускай куоракка 6 оскуола тутуута саҕаланара былааннанар.