Байыаннай сулууспалаах төрөппүттэригэр анаммыт көмө миэрэтэ
Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ, санаторийга босхо доруобуйаларын чөлүгэр туһэриэхтэрин сөп. Ол эбэтэр, Саха сиригэр уонна Россия атын куораттарыгар санаторнай-курортнай эмтэниини ааһыы буолар. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ. Санаторийга сынньаныы саамай муҥуутаабыт сууммата 60 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр уонна 14 хонуктаах буолар. Сайаапканы Элбэх хайысхалаах функциональнай кииҥҥэ (МФЦ), эбэтэр "Госуслуги" портал нөҥүө биэриэххэ сөп.